Төрүччү

Төрүччү — дьон уруулуу-аймахтыы сыһыаннарын көрдөрөр ойуу эбэтэр сурук. Үксүгэр киһи бэйэтэ үөскээбит аҕатын эбэтэр ийэтин ууһун чинчийэн суруйуута ааттанар. Төрүччүгэ хаан уруулар, тастыҥ аймахтар бары киирэллэр. Төрүччү диэн эбии аймахтар ааттарын холбоһуктара ааттанар. Былыр сахалар аан маҥнай биистэргэ арахсар эбиттэр. Ол курдук, хара маҥнайгыттан 3 биис баара - Омоҕой бииһэ, Эллэй бииһэ, Улуу Хоро бииһэ. Биис 9 аҕа ууһуттан турар. Аҕа ууһа диэн биир өбүгэлээх (кини төрүт диэн ааттанар) улахан уруу-аймах холбоһуга. Үйэ эбэтэр сүһүөх диэн төрүттэн ьахсыбыт көлүөнэлэр ааттаналлар. 1-кы сүһүөх дьон - ийэ уонна аҕа. 2-с сүһүөх дьон - оҕолор. 3-с сүһүөх дьон - сиэннэр. 4-с сүһүөх дьон - сиэнчэрдэр. 5-с сүһүөх дьон - сыҕаннар. 6-с сүһүөх дьон - сыҕанчардар. 7-с сүһүөх дьон - ытыттар. 8-с сүһүөх дьон - кэдьиэрдэр. 9-с сүһүөх дьон - сыдьааннар.

Киирэр сирэй